1996 сыл
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1992 1993 1994 1995 — 1996 — 1997 1998 1999 2000 |
Уоннуу сыллар |
1960-с 1970-с 1980-с — 1990-с — 2000-с 2010-с 2020-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1996 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Тохсунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Тохсунньу 9 — Бастакы Чэчиэн сэриитин кэмигэр чэчиэн боевиктара аттынааҕы Дагестан өрөспүүбүлүкэтин куоратыгар Кизлярга саба түспүттэр, балыыһаҕа тыһыынчанан киһини толук ылбыттар.
- Тохсунньу 17 — Чиэхийэ Европа Сойууһугар киирэргэ сайаапка түһэрбит.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 26 — Аан дойдутааҕы валюта пуондата Арассыыйаҕа 6,9 млрд дуоллары кирэдьиит биэрбит — МВФ устуоруйатыгар саамай улахан кирэдьиит.
- Кулун тутар 27 — Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр Илин Пруссия иһин кыргыһыыга хорсун быһыыны оҥорбут Михаил Стрекаловскайга Арассыыйа Дьоруойун аата иҥэриллибит.
Ыам ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ыам ыйын 13 — Дохсун этиҥнээх ардах уонна талҕа буолбутун түмүгэр Бангладешка 600-тэн тахса киһи өлбүт.
- Ыам ыйын 27 — Бастакы чэчиэн сэриитин кэмигэр Борис Ельцин чэчиэн өрө турааччыларын кытта көрсөн уоту тохтотор туһунан сөбүлэспиттэр.
Бэс ыйа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бэс ыйын 2 — Санкт-Петербург күбүрүнээтэринэн Владимир Яковлев талыллыбыт. Саха сиригэр Өлүөхүмэҕэ 1944 с. төрөөбүтэ. Сэрии кэмигэр 1942 с. ийэтэ Хильма Ляхитнен диэн ингерманланд омук дьахтара Ленинград Лимузи дэриэбинэтиттэн көскө ыытыллыбыта.
- Бэс ыйын 5 — Дьокуускайга саҥа аэровокзал аһыллыбыт. Чааска 700 пассажиры аһарар кыахтаах вокзал дойдулар ыккардыларынааҕы сиэктэрдээх буолбут.
Алтынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Алтынньы 9 — "Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ" ытык аат туһунан балаһыанньа Ил Түмэн уурааҕынан бигэргэтиллибит. Ытык аат Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр — балаҕан ыйын 27 күнүгэр — түбэһиннэрэн Ил Дархан ыйааҕынан иҥэриллэр.
- Алтынньы 23 — Өрөспүүбүлүкэ киин быыбардыыр хамыыһыйата бэрэсидьиэҥҥэ бастакы икки кандидааты бэлиэтээбит: Артур Алексеевы «Норуот патриотическай сойууһа» диэн тэрийэр бөлөхтөн, уонна Николай Архиповы Саха сирин социальнай-демократическэй баартыйатыттан. Бу сыл ахсынньытыгар буолбут быыбарга барыта 6 киһи кыттыбытыттан Михаил Николаев кыайбыта (58,96 % куолаһы ылан, «иккис миэстэлээх» Артур Алексеев 25,46 % ылбыта).
Сэтинньи
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Сэтинньи 16 — Каспийскай куоракка теракт түмүгэр 67 киһи өлбүт.
Ахсынньы
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 1 — СТС телевидение ситимэ үлэтин саҕалаабыт.
- Ахсынньы 7 — Ил Түмэн Вячеслав Штырову иккис болдьоххо бэрэсидьиэнниирин өйөөбүт.
- Ахсынньы 10 — Нельсон Мандела Соҕуруу Африка Өрөспүүбүлүкэтин саҥа конституциятыгар илии баттаабыт. Бу дойдуга мантан ыла раасалар тэҥ бырааптаммыттар.
- Ахсынньы 20 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ыйааҕынан улуус кыттыылаах Ньурбаҕа регистрацияламмыт АЛРОСА-НЬУРБА акционернай уопсастыба тэриллибит. 2019 сыллаахха бу хампаанньаны ликвидациялыырга диэн быһаарыы ылыллыбыта.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Избеков Иоаким Дмитриевич — Уустаах Избеков (03.02.1909—1996) — аатырбыт артыыс, драматург, хореограф, мас ууһа.
- Кулун тутар 7 — Шестаков Егор Петрович — Эрчимэн (31.05.1927—07.03.1996) — поэт, литератураны ырытааччы.
- Кулун тутар 18 — Одиссей Элитис, гириэк бэйиэтэ, литэрэтиирэ кириитигэ, Нобель бириэмиэйтин лауреата (1911 төр.).
- Кулун тутар 30 — Ковалевскай Олег Михеевич, худуоһунньук, график, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
- Муус устар 22 — Иванов Василий Федотович (10.08.1936—22.04.1996) — история билимин доктора.
- Бэс ыйын 6 — Кузьмин Ариан Ильич - космос сардаҥаларын үөрэппит физик-учуонай, билим салайааччыта, СГУ ректора, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
- От ыйын 25 — Таривердиев Микаэл — сэбиэскэй уонна российскай композитор РСФСР норуот артииһа (1986).
- Атырдьах ыйын 5 — Соколов Эдуард Дмитриевич (Тулусхан) (03.07.1944—05.08.1996) — суруйааччы,
- Сэтинньи 27 — Василий Семенович Яковлев-Далан - Саха норуодунай суруйааччыта.