Аарах
Тас көрүҥэ
Аарах диэн тума гынар ыаммыт эбэтэр кыыймыт үүт эбэтэр быырпахха кутар чөчөгөй. Иккис суолтата — чөчөгөйдөөх кымыс.
Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыгар[1] монгуол айираҕ, ол аата кымыс диэн тылыгар атылыы туппуттар.
Бу тылтан аарахтаа диэн туохтуур уонна аарахтаах диэн даҕааһын үөскүүллэр.
Өксөкүлээх Өлөксөй суруйан хаалларбыта баар:
Арыы үрдүгэр
Аараҕы дагдатыма,
Үчүгэй үрдүгэр
Мөкүнү көбүтүмэ,
Кырдьык үрдугэр
Сымыйаны ытыарыма.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. — I том. — Новосибирскай: Наука, 2004
[[Билэ:|65px|Саха аһа]] | Бу саха аһыгар сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |