Билээгэ
Билээгэ (нууччалыыттан фляга) — убаҕас веществону тутар иhит. Yксүн ньолбуһах уонна хаптаҕай буолар. Таhа тимир эбэтэр өстүөкүлэ тааhа буолар.
Чаастатык билээгэ бириhиэн, тирии эбэтэр боолдьох тастаах уонна тутар курдаах буолар.
Россияҕа (эрдэтээги Сэбиэт былааhыгар) билээгэ диэн үүт кутар бөтүөнү ааттыыллар эбит.
Нуучча ыраахтааҕы аармыйатыгар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Нуучча ыраахтааҕы аармыйатыгар, буойуттар бэйэ билээгэлээх буолаллар эбит, тимиртэн эбэтэр өстүөкүлэ тааhыттан, бирикээс олохтообут ирдэбилин кытта сөп түбэhэр гына оҥоhуллубут буолар, 1802 сылга тимир уу тутар иhиттэр уу таhар билээгэ диэн ааттаналлар эбит уонна саллаат сүгүү суумкатыгар баайыллар эбит, онтон өстүөкүлэ тааhыттан оҥоhуллубут билээгэни хара арыылаах кыраасканан кырааскаланар эбит уонна уҥа сарынынан кэтиллибит курга баайыллан хаҥас ойоҕоско, өттүк кэннигэр ыйанан турар эбит (1862 сылтан).
1899 сылтан армияга биир кэлииминэн халыыптаммыт алюминиевай сукуоннай хаалаах уонна аhыллар-сабыллар бүөлээх билээгэ туттууга киирбит.
Сэбиэскэй уонна Российскай армияҕа
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сэбиэскэй армияҕа билээгэ былаас үбэ-мала буолбут. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр саллааттар үксүн өстүөкүлэ тааhынан оноhуллубут билээгэнэн тутталлар эбит, онтон, аллюминиевай биир кэлииминэн халыыптаммыт күөх билээгэ кэлбит. Бэс ыйын 21 күнүттэн 2011 сылга аҕа дойдуну көмускээhин министерстыбата № 888 Приказ таhаарбыт «Об утверждении Руководства по продовольственному обеспечению военнослужащих Вооружённых Сил Российской Федерации и некоторых других категорий лиц, а также обеспечению кормами (продуктами) и подстилочными материалами штатных животных воинских частей в мирное время» 1959 сылга котелок иhигэр киирэн хомук буолар билээгэни таhаарбыттар. 1989 сылга билээгэ таhын көрүҥэ эмиэ уларыйбыт. Хомуллубут былаhыанньатыгар кээмэйэ: 182 × 160 × 90 мм, таhа пищевой алюминийтан оҥоhуллар буолбут. Билээгэ киэҥэ 1 литрэ, ыйааhына 220 г.
Хомуллубутун кээмэйэ:
- иччитэх — 560 г.
- уунан туолбут — 1,560 г.
- таhын кытта уута суох — 640 г.