(Translated by https://www.hiragana.jp/)
Кырса — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Кырса

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Кырса
Үөскүүр сирэ

Кырса - (лат. Alopex lagopus эбэтэр лат. Vulpes lagopus) туундараҕа үөскүүр ыттыҥы сиэмэх кыыл.

Тас көрүҥэ уонна улахана ханна үөскүүрүттэн улахан тутулуктаах.

Урут Хотугу полушариеҕа барытыгар кэриэтэ баар буоллаҕына, билигин ареала улаханнык кыччаабыт.

Кырса туундараҕа, лесостептарга үөскүүр.

Үксүн бу кыыл моногамнай эбит. Тыһы уонна атыыр кырсалары кытта былырыын төрөөбүт оҕолоро эмиэ сылдьыһаллар эбит. Сорох маннык "дьиэ кэргэн" икки-үс буолан биир сиргэ олоруон сөп. Биир дьиэ эргэн сирэ 2-30 квадратнй килэмиэтэрэ буолар. Ас кордөөн киэҥ сиринэн кэрийэ слдьаллр эбит. Ууһуулларыгар биир сиргэ кэлэр үгэстээхтэр эбит.

Тыһы кырса тиэчкэтэ кулун тутарга, муус устарга буолар. Атыырдар тыһыны былдьаһан охсуһаллар. 49-57 күнүнэн тыһы кырса төрүүр; 7-12 оҕолоох буолар. Атыыркырса оҕолорун көрсөр. Оҕолорун хараҕа 9-18 күҥҥэ аһыллар; сыл аҥаарынан уҥүохтарынан улахан кырса саҕа буолаллар. Эһиилигэр номнуо төрүүр кыахтаахта эрээри икки сыл буолан баран толору ситэллэр.

Хаһаайыстыбаннай суолтата

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Экосистемаҕа улахан оруолу оонньуур: мөлтөх, ыарыһах кыыллары суох оҥорон бултуур кыылларын популяциятын тупсарар. Үчүгэй көп түүлээҕин иһин бултанар уонна анал фермаларга иитиллэр.

Хотугу сахалар уонна атын омуктар остуоруйаларын персонаһа.