(Translated by https://www.hiragana.jp/)
Пулитцер бириэмийэтэ — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Пулитцер бириэмийэтэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Пулитцер бириэмийэтэ (ааҥл. Pulitzer Prize) — Колумбия университета (АХШ) суруналыыстыкаҕа, литэрэтиирэҕэ уонна муусукаҕа уһулуччулаах уопсастыбаннай өҥөлөр уонна ситиһиилэр иһин сылын аайы туттарар хас да бириэмийэтэ. Ону таһынан стипендиялар ананаллар.

Бириэмийэ мэтээлэ

Бириэмийэни бастаан Венгрияттан төрүттээх бэйэтин кэмигэр "Нью-Йорк Уорлд" (Нью-Йорк эйгэтэ) хаһыаты аан дойду саамай улахан тираажтаах хаһыата оҥорбут урбаанньыт Джозеф Пулитцер бэлэх быһыытынан хаалларбыт харчытынан 1917 сыллаахха туттарбыттара. Пулитцер 1912 сыллаахха өлбүтэ, оттон бириэмийэ пуондатын уонна суруналыыстыка оскуолатын олохтуур туһунан кэриэс суругун 1903 сыллаахха атырдьах ыйын 16 күнүгэр суруйбута, бу күн бириэмийэ олохтоммут күнүнэн ааҕыллар. 500 тыһ. АХШ дуоллара этэ. Бириэмиэйэ кыайыылаахтарын Колумбия университета анаабыт эспиэрдэриттэн турар Бириэмийэ Сүбэтэ ыам ыйыгар быһаарар уонна туттарар.

Билигин суруналыыстыкаҕа 14 номинация, литэрэтиирэҕэ — 6, муусукаҕа биир уонна түөрт стипендия туттарыллар[1].

  1. Britannica Большой иллюстрированный энциклопедический словарь, 2009