Халыып:Бу күн:08-28
Тас көрүҥэ
Черногория — Судаарыстыбаны билинии күнэ. Дойду 1910 сыллааха Осмаан Импиэрийэтиттэн тутулуга суоҕун биллэрбит, Никола I ыраахтааҕы буолбут.
Түбэлтэлэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1851 — Санкт-Петербург уонна Москуба икки ардыларыгар тимир суол аһыллыбыт.
- 1900 — Битиим уонна Өлүөхүмэ ыккардыларыгар телеграф лиинньийэтэ аһыллыбыт.
- 1920 — Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис ыытыллыбыт.
- 1925 — Дьокуускайга Арассыыйатааҕы Кыһыл Кириэс уопсастыбатын Сибиирдээҕи салаатын харах этэрээтэ Трахома диспансерыгар кубулуйбут. Бу диспансер 1941 муус устар 14 күнүттэн ыла — Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата.
- 1937 — Массыына оҥорооччу хампаанньа «Тойота» тэриллибит.
- 1941 — Кыһыл аармыйа бүтэһик чаастара Таллинн куораты хаалларбыттар, Эстонияны бүтүннүүтүн ньиэмэстэр оккупациялаабыттар.
- 1958 — Бүлүүтээҕи ГЭС тутулларын туһунан ССРС миниистирдэрин сэбиэтэ быһаарыныы ылыммыт. Тутуу 1959 сыллаахха саҕаламмыта уонна 1978 сыллаахха түмүктэммитэ.
- 1963 — АХШ соҕуруу штаттарыттан саҕаламмыт «Гражданскай быраап туһугар марш» Вашингтоҥҥа түмүктэммит. Хара тириилээхтэр бырааптарын иһин охсуспут Мартин Лютер Кинг «Мин ыра санаалаахпын» (ааҥл. «I have a dream») диэн тыллартан саҕаланар аатырбыт аман өһүн этэр.
- 1985 — «Якутуглестрой» комбинат начаалынньыгар Виктор Бочаровка Социалистыы Үлэ Дьоруойун аата иҥэриллибит.
- 1991 — ССРС устуоруйатыгар бүтэһик бырабыыталыстыба астаапкаҕа ыытыллыбыт (Павлов бырабыыталыстыбата).
Төрөөбүттэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1749 — Йоhанн Вольфгаҥ фон Гөте — Германия суруйааччыта.
- 1901 — уруккута Сунтаар улууhугар, билиҥҥитэ Ньурба улууһун II Дьаархан нэhилиэгэр Даниил Афанасьев-Токосов — бастакы хомсомуоллартан биирдэстэрэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, суруйааччы, суруналыыс.
- 1912 — Полина Розинская (2010 с. өлб.) — Саха АССР норуодунай артыыһа, аатырбыт концертмейстер. Бу Украинаҕа төрөөбүт музыкант сэрии иннинэ Москубатааҕы Чайковскай аатынан консерваторияны туйгуннук бүтэрээт Дьокуускайга Саха тыйаатырыгар ананан кэлбитэ уонна 2008 сылга диэри Саха сиригэр олорбута, үлэлээбитэ.
- 1970 — Татьяна Жиркова — сүүрүүк спортсмен, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара, 100 км Аан дойду 2 төгүллээх уонна Европа чөмпүйүөнэ, рекордсмена.
- 1993 — Кристина Тимофеева — охчут спортсмен, 2012 с. ыытыллыбыт Олимпиада оонньууларыгар Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ.
Өлбүттэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1938 — Гавриил Ксенофонтов (1888 с.т.) — саха учуонайа, биллиилээх историк, этнограф, политическай, общественнай диэйэтэл. Кини "Эллэйаада" диэн ааттаан таһаарбыт саха үһүйээннэрин хомуурунньуга саха библиятын быһыытынан билиниллэр.
- 1986 — Семен Александров (1986 с.т.) — Амма улууһун Өнньүөһүттэн төрүттээх саха живописеһа.
- 2009 — Афанасий Тобонов (1945 с.т.) — Саха сирин улуустарыгар ракеталар стуупеннарын түһэрии утары охсуспут саха киһитэ, уопсастыбаннай диэйэтэл, бэтэринээр. Ньурба Хорулатыттан төрүттээх.