(Translated by https://www.hiragana.jp/)
Perl — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Perl

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Perl
Парадигмата мульти-парадигма: императив, объекка ыйдарыылаах, функционал
Үөскээhинэ 1987
Айааччыта Ларри Уолл
Latest release 5.24.0/ 09.05.2016
Типтааhын дисциплината Динамик
Программалааhын тыла C
OS Cross-platform
Лицензията GNU General Public License, Artistic License
Уэбсайт http://www.perl.org/

Perl диэн үрдүк таhымнаах, бүтүн соруктаах, интерпретер, динамик программалааhын тыла. Perl'ы 1987 с. NASA система администратора Ларри Уолл Unix бүтүн соруктаах скрипт тылын быhыытынан айбыта. Онтон ыла, кини элбэхтэ уларытыллыбыта уонна көннөрүллүбүтэ, уонна программалааччылар ортолоругар киэҥник тарҕаммыта. Тыл кэлэр версията Perl 6.

Perl атын программалааhын тылларын уратыларын иҥэрбитэ, олор ахсааннарыгар С, AWK уонна sed.

Perl-га судургу Hello world программа маннык суруллар:

print "Hello, world!\n"