(Translated by https://www.hiragana.jp/)
Кулун тутар 2 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Кулун тутар 2

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кулун тутар 2 диэн Григориан халандаарыгар сыл 61-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 62-c күнэ). Сыл бүтүө 304 күн баар.

  • Аан дойдутааҕы уулаах-бадарааннаах сирдэр күннэрэ. Бу элбэх көтөр уйаланар сирдэрин 1971 сыллаахха ылыныллыбыт Рамсар конвенцията харыстыыр.
  • Белуджистан Белуджистан (Пакистаан) — Белуджи култууратын күнэ. Бу ираанныы тыллар биирдэстэринэн саҥарар, Белуджистан диэн ааттанар өлгөмө суох хайалаах сирдэргэ олохтоох 9 мөлүйүөн кэриҥэ вхсааннаах көс омук.
  • Мьянма Мьянма — Бааһынай Күнэ (1962)
  • АХШ АХШ — Ааҕыы күнэ
  • Техас Техас, АХШ — Тутулуга суох буолуу күнэ
  • Лиибийэ Лиибийэ — Джамахирия күнэ
  • Шри-Ланка Шри-Ланка — Сэбилэниилээх флот күнэ
  • Эфиопия Эфиопия — Адуатааҕы кыргыһыыга кыайыы күнэ (1896 сыл).
  • 1908 — Байаҕантай улууһун Кириэс Халдьаайытыгар Федор Охлопков (1968 өлб.) — Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, аатырбыт снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа. 1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Кыайыы Параадыгар кыттыбыта. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата 1965 с. ыам ыйын 6 күнүгэр иҥэриллибитэ.
  • 1914 — Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар Григорий Поскачин — учуутал, Саха сиринээҕи кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ, бэйиэт, литэрэтиирэ кириитигэ. 1938 с. буржуазнай национализмҥа буруйданан хаайыга сыппыта, 1940 с. реабилитацияламмыта. 1943 с. өлбүтэ.
  • 1943 — Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр Анатолий Нелунов (2021 өлб.) — саха сомоҕо домоҕун чинчийбит учуонай, лексиколог, лексикограф, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, С.А. Новгородов аатынан Бириэмийэ лауреата, РНА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, Таатта улууһун ытык киһитэ.
  • 1855 (урукку ааҕыынан олунньу 18 күнэ) — Арассыыйа импиэрийэтин ыраахтааҕыта Николай I. Бу киһи бөрөстүөлгэ олоруутун кытта декабристар өрө туруулара ситимнээх. Аҕалара өлбүтүгэр убайа Константин оҕото суох буолан бөрүстүөлгэ олорортон батыммыта, бу элбэх булкууру таһаарбыта, өрө турааччылар маны туһанан байыаннайдар бирисээгэ биэриэхтээх күннэригэр өрө турууну анаабыттара. Николай I 30 сыл ыраахтааҕылаабыта, ол тухары суутунан биэс эрэ киһи өлөрүллүбүтэ — декабристар сүрүн бас-көс дьоно. Кини саҕана Сперанскай дьыала-куолу реформата оҥоһуллубута, Пушкины көстөн төннөрбүттэрэ, Петербург уонна Москуба ыккардыгар тимир суол тутуллубута, Польшаҕа өрө туруу хам баттаммыта, маны таһынан Арассыыйа Персияны, Туурсуйаны кытта сэриилэспитэ, түөрт дойдуну кытта Кырыым сэриитин (1853—1856) саҕалаабыта.
  • 2011 — тюрколог учуонай, түмэт дьайыксыт, С. А. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата Юрий Васильев - Дьаргыстай. Алтаай тыатыгар учууталлыы сылдьан алтаай тылын үөрэппитэ, Новосибирскайга аспиратураҕа үөрэммитэ, Алма-Атаҕа хандьыдаат диссэртээссийэтин саха тылын тэҥниир ньымаларыгар 1981 с. көмүскээбитэ, 1992—1994 сс. Анкара университетыгар саха тылын туһунан лиэксийэлэри аахпыта.