Кулун тутар 22
Тас көрүҥэ
Кулун тутар 22 диэн Григориан халандаарыгар сыл 81-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 82-c күнэ). Сыл бүтүө 284 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ХНТ — Уу ресурсаларын аан дойдутааҕы күнэ
- Таксист аан дойдутааҕы күнэ[1]. Бу күн 1907 сыллаахха Лондоҥҥа счетчиктаах таксиилар баар буолбуттар.
- Балтика байҕалын күнэ
- Ииндийэ — Бихар штаат күнэ, 1912 сыллаахха Бихар Бенгалияттан араарыллан туспа сир буолбут
- Казахстаан, Албания, Азербайджан, Пакистаан, Түркменистаан, Ираан, Арассыыйа (Дагестан, Башкорстостан, Татарстан уо.д.а.) уо.д.а. — Наурыз
- Лаос — Норуот баартыйатын күнэ
- Ливан, Иордания — Араб лигатын күнэ
- Пуэрто Рико — Эмансипация күнэ (Кулуттааһыны суох гыныы күнэ)
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 106 — Аравия Петрея диэн Рим импиэрийэтин провинциятыгар Бостра эрата саҕаламмыт.
- 1312 — Франция хоруола Филипп IV Кэрэ ирдэбилинэн Климент V паапа Тамплиердар уордьаннарын уураппыт.
- 1622 — Алгонкин биис уустара Джеймстаун холуонньатыгар (Вирджиния штаат) олохсуйбут англичаннар үс гыммыт биирдэрин өлөртөөбүттэр — 347 киһини.
- 1654 — Москубаҕа Богдан Хмельницкэй посольствота Запорожье казаактарын статустарын быһаартара кэлбит.
- 1739 — Надир шаах Ииндийэҕэ Дели куораты ылбыт уонна халаабыт.
- 1772 — Англияҕа кулуттааһыны боппуттар.
- 1873 — Испания дойдутун мунньаҕа Пуэрто-Рикоҕа кулуттааһыны суох гыммыт.
- 1893 — Саха сирин губернатора Бүлүүгэ мунньах ыыппыт, онно араҥ ыарыһахтары Бүлүүттэн 15-18 биэрэстэлээх сиргэ, түҥ тайҕа быыһыгар, холуонньаны олохтооһун туһунан боппуруос көрүллүбүтэ. Ол бириэмэҕэ ыарыһахтарга анаан 9 балаҕан тутуллубута. Москубаттан үс сиэстэрэ — Соколова, Гладушкина, Немкова кэлэннэр ыарыһахтары көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Кэнники эбии таҥара дьиэтэ тутуллубута. Холуонньа фермалааҕа, онно уон ынах баарын ыарыһахтар бэйэлэрэ көрөллөрө. Холуонньа көҥүл сиэртибэлээһин харчытынан үбүлэнэрэ. Саха уобалаһыттан бүтүннүүтүттэн ыарыһахтары булан, Бүлүүтээҕи лепрозорийга илдьэллэрэ.
- 1895 — Парижка бастакы киинэ көрдөрүүтэ буолбут. Ини-бии Люмьердар «Оробуочайдар фабрикаттан тахсаыылара» диэн киинэни көрөдөрбүттэр. Анаан ыҥырылллыбыт көрөөччүлэр фабрикаттан тахсан иһэр оробуочайдары көрбүттэр.
- 1937 — Максим Аммосов Киргизия обкуомун VIII пленумугар обкуом бастакы сэкиритээринэн талыллар. Бу күннэргэ V Суһал бүтүн киргиистэр Сэбиэттэрин сийиэһэ түмүктэнэр. Бу сийиэскэ Максим Кирович салалтатынан Киргизскай ССР Конституцията ылыллар. Онон Аммосов Киргизия судаарыстыбалаах буолуутугар сүдү улахан суолталаах киһинэн ааҕыллар.
- 1935 — Персия Ираан диэн ааттанар буолбут.
- 1940 сыллаахха Саха госудаарственнай тыйаатырыгар "Ньургун Боотур" диэн ааттаах музыкальнай драма аан бастаан көстүбүт. Либреттотын Суорун Омоллоон, муузукатын Марк Жирков уонна Генрих Литинскэй суруйбуттар, Василий Местников туруоруута.
- 1943 — Фашистар 118-с шуцманшафт-батальоннара Белорусияҕа Хатынь дэриэбинэ олохтоохторун тыыннаахтыы уоттаан өлөрбүттэр.
- 1945 — Эгиипэт Каирыгар Араб Лигата тэриллибит.
- 1963 — «Битлз» бөлөх «Please Please Me» диэн ааттаах бастакы альбомун таһаарбыт.
- 1966 — Усуйаана оройуонун «Усуйаана» сопхуоһун кыыл иитээччитэ Матрена Аммосова (12.03.1930 төр.), Бүлүү оройуонун Степан Аржаков аатынан колхуос ньирэй көрөөччүтэ Петр Протопопов, уонна Сунтаар оройуонун «Элгээйи» сопхуос биригэдьиирэ Дмитрий Андреев (27.10.1912 төр.) Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбуттар.
- 1992 — Албанияҕа Демокрааттыы партия дойду түмэнин быыбарыгар кыайбыт.
- 2002 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин вице-президенын дьаһалынан «Ытык аҕа» Бэлиэ олохтоммут.
- 2020 — Ииндийэ премьер-миниистирэ Нарендра Моди COVID-19 тарҕаныытын бохсор соруктаах комендантскай чааһы биллэрбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1394 — Улугбек, бастаан Самарканд баһылыга, кэлин Тимуридтар импиэрийэлэрин баһылыга, астроном уонна математик (1449 өлб.). Тимур улахан уолун улахан уола этэ.
- 1917 — Виктор Афанасьев — Алданскай (17.12.1993 өлб.) — сатирик-бэйиэт, СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Алтаай кыраайын Хомсомуолун бириэмийэтин лауреата.
- 1927 — Чурапчы улууһугар Алаҕар нэһилиэгэр Анастасия Лыткина (1989 өлб.) — саха биллиилээх ырыаһыта, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
|
- ↑ Международный день таксиста // Calend.ru.