(Translated by https://www.hiragana.jp/)
Кылаат — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Кылаат

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Шлиман булбут Приам ыраахтааҕы кылаата

Кылаат — сиргэ (буорга) эбэтэр ханна эмэ кистэммит ким киэнэ буолара чопчу биллибэт үп, харчы, сыаналаах мал-сал.

Кылааты түҥэттии

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кылааты булбут киһи РФ сокуонун быһыытынан кылаат булуллубут сирин хаһаайынын кытта тэҥҥэ үлэстэр бырааптаах. Өскө кылаат көстүбүт сирин хаһаайына сөбүлэспэт түгэнигэр кылаат сирдээх хаһаайын бас билиитэ буолар. Көстүбүт, булуллубут кылаат олус сыаналаах күндү уус-уран мал (оҥоһук) буоллаҕына, бу кылаат судаарыстыба туһатыгар бэриллэр, ол эрэн компенсация төлөнөр. Судаарыстыба булуллубут кылаат иһин төлүүр харчытын (кылаат уопсай суумматын аҥаарын) кылааты булбут киһи уонна кылаат көстүбүт сирин хаһаайына тэҥинэн үллэстэллэр.

Кылааты көрдүүргэ ананан наймыламмыт дьон, эбэтэр идэлэрин эбээһинэһин толорон сыаналаах маллары көрдүүр дьон (холобур археологтар) бу категорияҕа киирбэттэр, онон кинилэргэ туох да төлөммөт.

Атын дойдулар кылаат туһунан сокуоннара

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Улуу Британияҕа кылаат судаарыстыба баайа, булбут киһи 14 хонук иһигэр судаарыстыба уорганнарыгар биллэриэхтээх. Биллэрбэтэҕинэ холуобунай эппиэтинэһи сүгэр. Ол эрэн судаарыстыба кылааты булбут киһиэхэ төннөрүөн сөп.

АХШ-ка штааттарынан араастаах, холобур, сорох штааттарга кылааты булбут киһи ылар, сорох штааттарга - сир иччитэ, Луизианаҕа булбут киһи уонна сирдээх киһи тэҥҥэ түҥэттэллэр.

Европа сорох дойдуларыгар тимири көрдүүр аналлаах тэриллэри атыылыыр уонна көҥүлэ суох туһанар бобуллар.